678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
previous arrow
next arrow
Shadow
Slider

Алаҕар нэһилиэгэр ыытыллар Саҥа дьыллааҕы күрэхтэр балаһыанньалара

“САҤА ДЬЫЛ ДЬЭРЭКЭЭН ДОЙДУТА”

Дьиэ кэргэнинэн тэлгэһэни киэргэтиигэ, оҥорууга күрэх балаһыанньата:

Сыала: ааһан эрэр 2024 сыл Россияҕа Дьиэ-кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллэн, нэһилиэкпитигэр дьиэ-кэргэн дьо5урун арыйыы, о5ону кэрэ эйгэ5э тардыы.

Соруга: дьиэ кэргэнинэн тэлгэһэни кэлэн иһэр Саҥа дьыл тыынын киллэрэн дьэрэкээн уотунан киэргэтии, хаарынан уо.д.а. матырыйаалтан оҥоһуллубут оҥоһуктары сыаналааһын.

Күрэх ирдэбилэ:

  • Киэргэтии тематын арыйыы;
  • Кэлэн иһэр саҥа сыл бэлиэтэ – “Эриэн үөн”оҥоһуга биһирэнэр.
  • Кыайыылааҕы талыы ахсынньы ый 28 күнүттэн 30 күнүгэр киэһэ 17:00 чааска дылы, олохтоох дьаһалта телеграмм каналыгар ссылка нөҥүө киирэн подпискаланан баран, куоластыыгыт.
  • Саамай элбэх куолаһы ылбыт муҥутуур кыайыылаах аатын ылар.

 Наҕараадалааһын:  

          Күрэх кыайыылаахтарыгар:

1 м. – 5000,0 солк. сууммалаах сертификат

2 м. – 3000,0 солк. сууммалаах сертификат

3 м. – 2000,0 солк. сууммалаах сертификат

Тэрийээччи: “Алаҕар нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.

 

Дьүүллүүр сүбэ оҥоһуктары ахсынньы ый 27 күнүгэр кэрийэн көрүө.

 

КЭЛЭН ИҺЭР САҤА ДЬЫЛЫНАН! САҤА ДЬОЛУНАН!

 

“МИН ОҔО СААҺЫМ ХАРЫЙАТА”

Хаартысканан күрэх балаһыанньата:

 

Сыала: ааспыт кэм Саҥа дьылын ахтан-санаан ааһыы.

Соруга:  ааспыт кэм харыйатын киэргэтэн, симээн хаартыска5а түһэрии.

Күрэх ирдэбилэ:

  • Киэргэтии тематын арыйыы;
  • Харыйа киэргэлэ, уота-күөһэ урукку кэмтэн буолара ирдэнэр.
  • Сааһыттан хааччаҕа суох ким баҕалаах кыттар.
  • Хаартыскалары ахсынньы ый 27 күнүгэр дылы 89142243058 – Сивцева П.Ф. ыытаҕыт.
  • Кыайыылааҕы талыы ахсынньы ый 28 күнүттэн 30 күнүгэр киэһэ 17:00 чааска дылы, олохтоох дьаһалта телеграмм каналыгар ссылка нөҥүө киирэн подпискаланан баран, куоластыыгыт.
  • Куолас түмүгүнэн үс миэстэ тахсар.

Наҕараадалааһын:  

          Күрэх кыайыылаахтарыгар олохтоох дьаһалта анал грамотата уонна бирииһэ туттарыллар.

Тэрийээччи: “Алаҕар нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.

КЭЛЭН ИҺЭР САҤА ДЬЫЛЫНАН! САҤА ДЬОЛУНАН!

 

“МИН МАҤНАЙГЫ САҤА ДЬЫЛЫМ”

Хаартысканан күрэх балаһыанньата:

 Сыала - соруга: ааһан эрэр 2024 сыл Россияҕа Дьиэ-кэргэн сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллэн, кырачаан оҕолорбут умнуллубат түгэннэрин – маҥнайгы Саҥа дьылларын өйдөбүлгэ хаалларан, үйэтитэн хаартыскаҕа түһэрии.

Күрэх ирдэбилэ:

  • Кыттааччы биир устуука хаартысканы ыытар.
  • Кырачаан толору маскарааттаах буолара ирдэнэр.
  • Хаартыска уопсай дьүүлгэ тахсарынан, кырачаан сирэйин кистииргит көҥүллэнэр.
  • Хаартыскалары ахсынньы ый 27 күнүгэр дылы 89142243058 – Сивцева П.Ф. ыытаҕыт.
  • Кыайыылааҕы талыы ахсынньы ый 28 күнүттэн 30 күнүгэр киэһэ 17:00 чааска дылы, олохтоох дьаһалта телеграмм каналыгар ссылка нөҥүө киирэн подпискаланан баран, куоластыыгыт.
  • Куолас түмүгүнэн үс миэстэ тахсар.

Наҕараадалааһын:  

          Күрэх кыайыылаахтарыгар олохтоох дьаһалта анал грамотата уонна бирииһэ туттарыллар.

Тэрийээччи: “Алаҕар нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата.

 

КЭЛЭН ИҺЭР САҤА ДЬЫЛЫНАН! САҤА ДЬОЛУНАН!

Мы в социальных сетях

vkblue

Государственные сайты

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия)
 
Министерство культуры РФ
 
Федерация профсоюзов Республики Саха (Якутия)
 
Муниципальное казенное учреждение «Чурапчинское улусное управление культуры»  МО «Чурапчинский улус (район)»