678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
previous arrow
next arrow
Shadow
Slider

4 - с төгүлүн Алаҕар нэһилиэгин оҕолоругар аналлаах “Ыллаа – туой оҕо саас 2026” ырыа күрэҕэ түмүктэннэ. Уопсайа 33 ҕо кытынна.

Кыра бөлөххө КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ - Сайнаара Сокольникова, 3 кылаас үөрэнээччитэ, сал.Гоголев Р.Ф. ( "Алаҕар Далбардара" үҥкүү кэллэктиибин анал бирииһин тутта)
Улахан бөлөххө КЫЛААН КЫАЙЫЫЛААХ - Сандра Лыткина 8 кылаас үөрэнээччитэ, сал.Юмшанова Е.Д (“Алаҕар нэһилиэгэ” ТС түөлбэтин бирииһин тута)

КӨРӨӨЧЧҮ БИҺИРЭБИЛЭ – Саша Борисов, 8 кылаас үөрэнээччитэ, сал. Борисова С.А. (Ф. Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хор анал бирииһэ)

ОСКУОЛА ИННИНЭЭҔИ СААСТААХ О5ОЛОРГО
- Лауреат 1 степени - Никита Борисов (ДНТ "Ырыа" аатынан анал бириис хаһаайына)
- Лауреат 2 степени - Сайыына Говорова, (ИП Дмитриева А.И "САЙДЫЫ" маҕаһыын анал бирииһэ)
- Лауреат 3 степени - Азалия Оконешникова (ИП Ноговицына С.Ф "Сардаана" маҕаһыын анал бирииһэ)
- Дипломант 1 степени – Симона Аммосова (ИП Слепцова А.И "Уйгууна" маҕаһыын анал бирииһэ)
- Дипломант 2 степени – Сарыал Софронов ("Дьэ, эрэ..." көҥүл санаа кулуубун анал бирииһэ)
- Дипломант 3 степени – Сайаана Протодьяконова (6-с нүөмэрдээх баһаарнай чаас коллективын анал бирииһэ)
- ⁠"Ымыылаах ырыаһыт" анал аат - Сайаана Новгородова (Пестряков Данил Михайлович аатынан анал бириис)
- ⁠"Бастыҥ дебют" анал аат - Эрхаан Дорофеев (Сорокоумов Дмитрий Николаевич уонна Слепцов Валерий Нюргустанович ааттарынан анал бириис).

АЛЫН СҮҺҮӨХ КЫЛААС ОҔОЛОРУГАР
- Лауреат 1 степени – Марсель Юмшанов , 1 кл (Иван Иванович Хон аатынан анал бириис)
- Лауреат 2 степени – Айкуо Лукина, 3 кл (Василий Васильевич Пахомов аатынан анал бириис)
- Лауреат 3 степени – Сулусхан Лыткин, 2 кл (Василий Васильевич Лыткин аатынан анал бириис)
- Дипломант 1 степени – Аня Пестрякова, 4 кл (Константин Константинович Мохначевский – Саһарҕа аатынан анал бириис)
- Дипломант 2 степени – Айтал Лыткин, 3 кл (Рустам Хон аатынан анал бириис)
- Дипломант 3 степени – Ян Лыткин, 1 кл (Александр Пономарев - Понсаш аатынан анал бириис)
- “Кэрэ куолас” анал аат – Сайнаара Сорокоумова, 4 кл (Тарас Егорович Толстоухов уонна Михаил Михайлович Пестряков ааттарынан  анал бириис)

-“Кэскиллээх ырыаһыт” анал аат – Соня Черкашина, 1 кл (Мотрена Николаевна Копырина уонна Надежда Александровна Егорова ааттарынан анал бириис)

-“Кэрэ куолас” анал аат – Саша Куо Мохначевская, 4 кл (“Күн көлүйэтэ” ырыа – үҥкүү кэллэктиибин анал бирииһэ)

-“Ымыылаах ырыаһыт” анал аат – Айхал Шеломов, 4 кл (Элина Гоголева анал бирииһэ)

-“Дьиэрэһийэр куолас” анал аат – Влада Габышева, 3 кл (Е.Б. Хон аатынан балыыһа кэллэктиибин анал бирииһэ)

-“Бастыҥ дебют” анал аат – Игорь Сорокоумов, 1 кл (“Алгыс” ветераннар хордарын анал бирииһэ)

-“Иэйиилээх толорооччу” анал аат – Мия Заровняева, 4 кл (“Алгыс” ветераннар хордарын анал бирииһэ)

ОРТО  УОННА УЛАХАН СҮҺҮӨХ КЫЛААС ОҔОЛОРУГАР
- Лауреат 1 степени – Паша Протодьяконова, 5 кл (“Алгыс” уһуйаан анал бирииһэ)
- Лауреат 2 степени – Кэскилээнэ Лыткина, 5 кл (Г.Д.Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын анал бирииһэ)
- Лауреат 3 степени – Анита Мохначевская, 11 кл (Ветеринария кэллэктиибин анал бирииһэ)
- Дипломант 1 степени – Алиана Баишева, 5 кл (Михаил Афанасьевич Дмитриев аатынан анал бириис)
– Дипломант 2 степени – Сандаара Сокольникова, 5 кл (Вячеслав Иванович Хон аатынан анал бириис)

-Дипломант 3 степени – Тускул Дорофеев, 5 кл (Олох – дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба коллективын анал бирииһэ)

-“Кэскиллээх ырыаһыт” анал аат – Аиза Оконешникова, 6 кл (“Күн көлүйэтэ” ырыа – үҥкүү кэллэктиибин анал бирииһэ)

-“Ымыылаах ырыаһыт” анал аат – Нина Лыткина, 6 кл (Федот Ильич, Татьяна Васильевна Гоголевтар аатарынан анал бириис)

-“Бастыҥ дебют” анал аат – Арылхан Крюков, 9 кл (“Дьүөгэ” ырыа – үҥкүү кэллэктиибин анал бирииһэ)


БАСТЫҤ САЛАЙААЧЧЫ – Гоголев Руслан федорович (Баишева С.А, Лыткина Е.М., Попова А.Д туруорбут анал бириистэрэ)
БАСТЫҤ САЛАЙААЧЧЫ – Юмшанова Елена Дмитриевна (“Дьүөгэ” ырыа – үҥкүү кэллэктиибин анал бирииһэ)

О5олорго торду ырыаҕа уһуйбут салайааччылар бэлэх ууннулар. Быйыл оҕолору 7 салайааччы ырыаҕа уһуйда: Пахомова Марфа Афанасьевна, Борисова Светлана Афанасьевна, Гоголев Руслан Федорович, Заболоцкая Валентина Афанасьевна, Тарабукина Анастасия Ивановна, Тотонова Елена Николаевна, Юмшанова Елена Дмитриевна.

Кыайыылаахтарга, оҕолорбутугар, төрөппүттэргэ, салайааччыларга эҕэрдэ!

Бүгүн балаҕан ыйын 1 күнүгэр дьоһун суолталаах историческай эстафетаны - Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин үлэтин үйэтитии, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөрҕөтүү чэрчитинэн Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин Президиумун иһинэн бэтэрээннэр сэбиэттэрэ тэриллибитэ 40 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэ устун айанныыр «Кыһыл знамя» бэс ыйын 9 күнүттэн 2026 сылтан Уус Алдан улууһуттан саҕалаан нэһилиэктэри кэрийэн бүгүн  Ала5ар нэһилиэгэ көрүстэ.

Ийэ дойдуга таптал, үлэҕэ бэриниилээх буолуу тыынын илдьэ сылдьар судаарыстыбаннай былаах — Кыһыл Знамя — быйылгы сыл устун Саха сирин бары улуустарын кэрийэн, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр соруктаах.

Орто дойдубут олоҥхолоох онкулун уурбут хорсун-хоодуот санаалаах, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, аҕа көлүөнэ дьоммутугар, сэрии ыар сылларыгар, Ийэ дойду туһа диэн бэйэлэрин доруобуйаларын, олохторун харыстаабакка бу дьоллоох олоххо олорорбут туһугар саа-саадах тутан сэриилэспиттэрин, тыыннарын толук уурбуттарын, Улуу кыайыыга сүнкэн кылааты киллэрбиттэрин кэриэстиибит, ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Эйэни аҕалбыт, көҥүлү түстээбит кэскиллээх дьыалалара биһиги өйбүтүгр -санаабытыгар, олохпутугар көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Куруутун эйэлээх олох, күөх халлаан чэлгийэ турдун!

dc7cb40f da21 49c6 ba32 f59a48f22659

Ыам ыйын 21 – 26 күннэригэр Москуба куоракка XI төгүлүн Аан дойдутааҕы “Добровидение - 2026” норуот ырыатын бэстибээлигэр Чурапчы улууһун, Алаҕар нэһилиэгиттэн Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хора кыттыыны ылла. “Добровидение” норуоттар култуураларын көрөдөрөр биир бастыҥ улахан бэстибээл ааптарынан буолар РФ Государственнай дума депутата Олег Анатольевич Нилов.

Быйылгы бэстибээлгэ 30 тахса кэллэктиип, 1000 тахса кыттааччы кыттынна. Москуба куоракка 6 күн устата куораты көрөн, ыллаан, улахан сыанаҕа кыттан, историяҕа киирэр, кэрэ бэлиэ күннэрдээх, киэҥ быраграаммаллаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыппытыттан астынан кэллибит.

Ол курдук, самаан сайыны көрсө ыам ыйын 22 күнүгэр РФ президенин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитилстибэтин дьиэтигэр Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун кэнсиэрэ буолла. Москуба куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын мунньан, ыллаан, алгыс тылбытын этэн, оһуохайдаан дойдуларын ахтыбыт дьоҥҥо дойдубут салгынын, тыынын бэлэхтээтибит. Дойдубут дьоно үөрэн, махтал тылларын эттилэр.

Бэстибээл Москуба куорат 3 улахан балассааккаларыгар ыытылынна:

- Ыам ыйын 24 күнүгэр – Союзтар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар бэстибээл аһыллыытыгар В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап тылларыгар, Л.К. Сивухин обработкатыгар “Көлүкэчээн” ырыаны толорон, кыттыыны ыллыбыт.

- Ыам 25 күнүгэр – бэстибээлбит гала – кэнсиэригэр Храм Христа Спасителя уонна Государственнай Кремлевскай дыбарыаска кыттар чиэскэ тигистибит. Ырыабытыгар, тойукпутугар көрөөччү дохсун ытыс тыаһа биһигини долгутта, Сахабыт ырыатын – тойугун улахан түһүлгэҕэ иһитиннэрдибит, онтон бэйэбит да астынныбыт.

Ону тэҥэ биһигини кытта Раиса Иннокентьевна Винокурова салайааччылаах Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтин” иһинэн “Истиҥ” ырыа ансаамбыла кыттыыны ылла.

Бэстибээлгэ кыттын диэн ыҥырыыны ыыппыт “Северный Колорит” айар түмсүүгэ, бэстибээлгэ кытыннарбыт, күндү дьоммтугар Варвара Валерьевна Обоюковаҕа уонна кураторбытыгар эдэр уолбутугар Карл Капитновка барҕа махтал тылларбытын тиэрдэбит.

Махтанабыт хорбут коллективыгар, уолаттарбытыгар, дьиэ кэргэттэригэр. Уолаттар кыаллыбат диэн тылы туттубакка күүстээх санааны өрө тутан нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит иннигэр хорсун быһыыны оҥорон улахан историяҕа киирдибит.

видеолары, хаартыскалары МАХ группаҕа киирэн көрүҥ - https://max.ru/id1430010193_gos

09f9377c f0a6 40a1 9dec 5a3a4836cf3d1db99685 30e5 4250 9adc 50c068f7880f77bfb516 05a6 4e0e 9ac9 5c7f0c38ad22dfd5b066 db6a 4f29 959d 8f7930dfedfdee6c730a a594 46a6 ac81 505f81a38352

image 07 05 26 06 17

С волнением и радостью сообщаем: IV Республиканский открытый танцевальный конкурс "Майский вальс" успешно завершился!

Каждый участник вложил в свое выступление частичку души, продемонстрировав упорный труд, артистизм и безграничную любовь к танцу.

И вот, после напряженного ожидания и тщательного судейства, мы готовы объявить имена тех, кто покорил сердца жюри! Победители IV Республиканского открытого танцевального конкурса "Майский вальс":

1 место – Хангаласский улус, с.Октемцы, («Сардаҥа”, рук.Надежда Алексеевна Черкашина)

2 место - Мегино - Кангаласский улус, с. Булгунняхтах, («Кырдьыбат саас», рук. Николай Николаевич Егоров)

3 место – Чурапчинский улус, с.Чурапча (Танцевальный дуэт - Трофимова Розалия Ивановна, Драгунов Семен Иванович, рук. Брызгаев Василий Васильевич)

Мы поздравляем всех победителей и призеров! Ваши достижения – это результат многочасовых тренировок, самоотдачи и стремления к совершенству. Пусть эта победа станет для вас стимулом к новым свершениям и покорению еще более высоких вершин в мире танца.

От всего сердца благодарим каждого участника IV Республиканского открытого танцевального конкурса "Майский вальс"!

До новых встреч!

 

Кулун тутар 31 күнүгэр / киэһэ 19:00 чаастан

"Сэргэлээх уоттара" култуура киинигэр

Российскай Федерация үтүөлээх коллектива, Ф. Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эрд дьон народнай хора 30 сыллаах үбүлүөйдээх кэнсиэригэр сахабыт сирин олохтоохторун, ыалдьыттарын, биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт.

Бу дьоро түһүлгэҕэ кыттыыны ылыахтара:

- Чурапчы улууһуттан -  Хатылы нэһилиэгиттэн "Көмүөл", Мугудай нэһилиэгиттэн "Төлөн", Хоптоҕо нэһилиэгиттэн "Өркөн" уонна Чурапчы нэһилиэгиттэн "Ыллыыр ыччат" эр дьон ансамбыллара.

- Алаҕартан "Эрэл" уонна Амма улууһуттан "Дуолан - уолан" уол оҕо ансамбыллара. 

- Дьокуускай куораттан П.Розинскай уонна В. Птицына аатынан үлэ - тыыл ветераннарын хора

- Алаҕартан төрүттээх, култуура эйгэтигэр ааттаах - суоллаах эр дьоммут - Рустам Хон, Рустам Слепцов, Ренат Хон, Дьулус Гоголев, Николай Гоголев, Александр Пономарев - Понсаш, уо.д.а

- Саха эстрадатын чаҕылхай сулустара, биир дойдулаахтарбыт Алексей Потапов, Ырыа Саарын уонна Аркадий Николаев - Эрхаан

- "Иэйии" эр дьон квартета, Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун ветераннара.

Бу улахан тэрээһиммит иилээччитэ - саҕалааччыта биир дойдулаахпыт, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Татьяна Афанасьевна Гоголева.

Кэнсиэр режиссера - Амгалена Барашкова - Нуотара.

Бу киэһэ эһиэхэ анаан ыллыыр - тыа сирин эр дьоно!

Билиэттэри: - "Центарльнай" к/т

- А.Е.Кулаковскай аатынан норуот сооҕолоһуутун дьиэтигэр 

- Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театра

- Сахацирката кассаларыгар

уонна онлайн билиэттэри  SAKHACONCERT.RU 

https://widget.afisha.yandex.ru/w/sessions/OTU2OTZ8Nzk5OTU5fDExNjE5Mjg3fDE3NzQ5NTEyMDAwMDA=?clientKey=41418b8c-2c48-4932-8e70-dc0128c6b7c2

атыылаһарга тиэтэйин, билиэт сыаната 1000 - 1500 солкуобай

9644578c 3350 4f52 9d3c f474d556aa8b

Бүгүн олунньу 22 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэр Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө, "Эр санаа" орден кавалера Илья Протодьяконов сырдык аатыгар 2-с төгүлүн салгын саанан сыал ытыытын күрэҕэ ыытылынна. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччыта Лобанов Алексей Гаврильевич, Чурапчы улууһун дьаһалтатын успуорка салаатын начаалынньыга Егоров Дьулустан Васильевич кыттыыны ыллылар.  

2202206

5

22022616

 
 
Кыттыыны ыллылар ыҥырыылаах нэһилиэктэртэн:
- Чурапчыттан Хопто5о, Чурапчы нэһилиэктэрэ
- ⁠Мэҥэ - Хаҥаластан Дьабыыл нэһилиэгэ
- ⁠Уус - Алдан улууһуттан Курбуһах нэһилиэгэ
 
Уопсайа 16 хамаанда кытынна.
 
Уопсай түмүккэ:
1 миэстэ - Дьабыыл хамаандата
2 миэстэ - "Нэлим" Чыаппара хамаандата
3 миэстэ - "Саппыйа" Чыаппара хамаандата
 
2202263
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
Нэһилиэк иһинээҕи түмүккэ:
1 миэстэ - "Ампаардаах"
2 миэстэ - "Куттаҕаайы"
3 миэстэ - "Хабарҕа"
 
2202262
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
 
Анал бириистэр:
1. "Аҕам саастаах ытааччы" - Филипп Протодьяконов (бирииһи туруорда Илья Протодьяконов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Прокопьева М.Б дьиэ кэргэнэ)
2. ⁠"Бастыҥ форма" - "Куттаҕаайы" хамаандата (бирииһи туруорда "Алаҕар нэһилиэгэ" ТСТ дьаһалтата)
3. ⁠"Бэргэн кэрэ аҥар" - Мария Цой, Дьабыыл хамаандата (бирииһи туруорда Одьулуун аймах) 
4. ⁠"Эдэр ытааччы" - Максим Гоголев (бирииһи туруорда Одьулуун аймах) 
5. ⁠Шеломов аймах бирииһэ - Марианна Оконешникова
6. ⁠Слепцов Валерий Ньургустанович бирииһэ - Уус - Алдан, Курбуһах хамаандата
7. ⁠Валентина, Илья Гоголевтар бириистэрэ - Марсель Александровка ("Алгыс" уһуйаан военнай патриотическай кулуубун хамандыыра)
8. ⁠Бэтэрээннэргэ муҥутуур кыайыылаах - Гаврил Гоголев (бирииһи туруордулар Илья Протодьяконов бииргэ үөрэммит оҕолоро)
9. ⁠Эдэрдэргэ муҥутуур кыайыылаах - Уйгун Новгородов (бирииһи туруорда Одьулуун аймах)
 
220226522022662202264
2202267220226922022610
1
 
КОММЕРЧЕСКАЙ КҮРЭХХЭ КЫАЙЫЫЛААХ - УЙГУН НОВГОРОДОВ.
 
2
Күрэҕи тэрийэн ыыттылар - Илья Протодьяконов бииргэ төрөөбүттэрэ, доҕотторо, "Дьэ, эрэ..." эр дьон кулууба, А.П. Лыткина аатынан "Ырыа" НАДь
220226112202261222022614
 

Страница 1 из 19

Мы в социальных сетях

vkblue

Государственные сайты

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия)
 
Министерство культуры РФ
 
Федерация профсоюзов Республики Саха (Якутия)
 
Муниципальное казенное учреждение «Чурапчинское улусное управление культуры»  МО «Чурапчинский улус (район)»