678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
previous arrow
next arrow
Shadow
Slider

Москуба куоракка XI төгүлүн Аан дойдутааҕы “Добровидение - 2026” норуот ырыатын бэстибээлигэр Чурапчы улууһун, Алаҕар нэһилиэгиттэн Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хора кыттыыны ылла.

dc7cb40f da21 49c6 ba32 f59a48f22659

Ыам ыйын 21 – 26 күннэригэр Москуба куоракка XI төгүлүн Аан дойдутааҕы “Добровидение - 2026” норуот ырыатын бэстибээлигэр Чурапчы улууһун, Алаҕар нэһилиэгиттэн Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хора кыттыыны ылла. “Добровидение” норуоттар култуураларын көрөдөрөр биир бастыҥ улахан бэстибээл ааптарынан буолар РФ Государственнай дума депутата Олег Анатольевич Нилов.

Быйылгы бэстибээлгэ 30 тахса кэллэктиип, 1000 тахса кыттааччы кыттынна. Москуба куоракка 6 күн устата куораты көрөн, ыллаан, улахан сыанаҕа кыттан, историяҕа киирэр, кэрэ бэлиэ күннэрдээх, киэҥ быраграаммаллаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыппытыттан астынан кэллибит.

Ол курдук, самаан сайыны көрсө ыам ыйын 22 күнүгэр РФ президенин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитилстибэтин дьиэтигэр Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун кэнсиэрэ буолла. Москуба куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын мунньан, ыллаан, алгыс тылбытын этэн, оһуохайдаан дойдуларын ахтыбыт дьоҥҥо дойдубут салгынын, тыынын бэлэхтээтибит. Дойдубут дьоно үөрэн, махтал тылларын эттилэр.

Бэстибээл Москуба куорат 3 улахан балассааккаларыгар ыытылынна:

- Ыам ыйын 24 күнүгэр – Союзтар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар бэстибээл аһыллыытыгар В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап тылларыгар, Л.К. Сивухин обработкатыгар “Көлүкэчээн” ырыаны толорон, кыттыыны ыллыбыт.

- Ыам 25 күнүгэр – бэстибээлбит гала – кэнсиэригэр Храм Христа Спасителя уонна Государственнай Кремлевскай дыбарыаска кыттар чиэскэ тигистибит. Ырыабытыгар, тойукпутугар көрөөччү дохсун ытыс тыаһа биһигини долгутта, Сахабыт ырыатын – тойугун улахан түһүлгэҕэ иһитиннэрдибит, онтон бэйэбит да астынныбыт.

Ону тэҥэ биһигини кытта Раиса Иннокентьевна Винокурова салайааччылаах Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтин” иһинэн “Истиҥ” ырыа ансаамбыла кыттыыны ылла.

Бэстибээлгэ кыттын диэн ыҥырыыны ыыппыт “Северный Колорит” айар түмсүүгэ, бэстибээлгэ кытыннарбыт, күндү дьоммтугар Варвара Валерьевна Обоюковаҕа уонна кураторбытыгар эдэр уолбутугар Карл Капитновка барҕа махтал тылларбытын тиэрдэбит.

Махтанабыт хорбут коллективыгар, уолаттарбытыгар, дьиэ кэргэттэригэр. Уолаттар кыаллыбат диэн тылы туттубакка күүстээх санааны өрө тутан нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит иннигэр хорсун быһыыны оҥорон улахан историяҕа киирдибит.

видеолары, хаартыскалары МАХ группаҕа киирэн көрүҥ - https://max.ru/id1430010193_gos

09f9377c f0a6 40a1 9dec 5a3a4836cf3d1db99685 30e5 4250 9adc 50c068f7880f77bfb516 05a6 4e0e 9ac9 5c7f0c38ad22dfd5b066 db6a 4f29 959d 8f7930dfedfdee6c730a a594 46a6 ac81 505f81a38352

Мы в социальных сетях

vkblue

Государственные сайты

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия)
 
Министерство культуры РФ
 
Федерация профсоюзов Республики Саха (Якутия)
 
Муниципальное казенное учреждение «Чурапчинское улусное управление культуры»  МО «Чурапчинский улус (район)»