678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
previous arrow
next arrow
Shadow
Slider

Алаҕар нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин тэрилтэтин 40 сылыгар аналлаах көлүөнэни ситимниир «Кыһыл Знамя» эстафетата

Бүгүн балаҕан ыйын 1 күнүгэр дьоһун суолталаах историческай эстафетаны - Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэрээннэр уопсастыбаннай тэрилтэлэрин үлэтин үйэтитии, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөрҕөтүү чэрчитинэн Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин Президиумун иһинэн бэтэрээннэр сэбиэттэрэ тэриллибитэ 40 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэ устун айанныыр «Кыһыл знамя» бэс ыйын 9 күнүттэн 2026 сылтан Уус Алдан улууһуттан саҕалаан нэһилиэктэри кэрийэн бүгүн  Ала5ар нэһилиэгэ көрүстэ.

Ийэ дойдуга таптал, үлэҕэ бэриниилээх буолуу тыынын илдьэ сылдьар судаарыстыбаннай былаах — Кыһыл Знамя — быйылгы сыл устун Саха сирин бары улуустарын кэрийэн, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр соруктаах.

Орто дойдубут олоҥхолоох онкулун уурбут хорсун-хоодуот санаалаах, сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр, аҕа көлүөнэ дьоммутугар, сэрии ыар сылларыгар, Ийэ дойду туһа диэн бэйэлэрин доруобуйаларын, олохторун харыстаабакка бу дьоллоох олоххо олорорбут туһугар саа-саадах тутан сэриилэспиттэрин, тыыннарын толук уурбуттарын, Улуу кыайыыга сүнкэн кылааты киллэрбиттэрин кэриэстиибит, ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Эйэни аҕалбыт, көҥүлү түстээбит кэскиллээх дьыалалара биһиги өйбүтүгр -санаабытыгар, олохпутугар көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ! Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Куруутун эйэлээх олох, күөх халлаан чэлгийэ турдун!

 

Мы в социальных сетях

vkblue

Государственные сайты

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия)
 
Министерство культуры РФ
 
Федерация профсоюзов Республики Саха (Якутия)
 
Муниципальное казенное учреждение «Чурапчинское улусное управление культуры»  МО «Чурапчинский улус (район)»