Тохсунньу 23 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут сыл бастыҥнарын бэлиэтиир дьоро түһүлгэтэ ыытылынна. Алаҕар нэһилиэгин сайдыытыгыар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, сыраларын биэрэн, үрдүк ситиһиилэри оҥорбут, кэскили түстээбит, норуот эрэбилин, хайҕалын ылбыт дьон, сыл бастыҥнара буолан, баһылык аатыттан анал аат, Бочуоттаах наҕараада туттулар.

"Сыл бастыҥа - 2025"
- "Бастын үөрэҕирии эйгэтин үлэһитэ" - Вера Николаевна Ноговицына
- "Бастыҥ уһуйаан үлэһитэ" - Нюргуяна Федотовна Березкина
- "Бастыҥ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ" - Илья Серафимович Баишев
- "Бастыҥ Чыаппаратааҕы 6 н-х баһаарынай чаас үлэһитэ" - Эдгар Николаевич Неустроев
- "Бастыҥ култуура эйгэтин үлэһитэ" - Ольга Егоровна Баишева
- "Бастыҥ олох - дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитэ" - Егор Владимирович Керемясов
- "Бастыҥ тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ" - Николай Михайлович Пестряков
- "Бастыҥ көхтөөх түмсүү" - нэһилиэк ветераннарын түмсүүтэ. Салайааччы Герасимова Т.В
- "Бастыҥ үлэлээх түмсүү" - "Дьэ, эрэ..." көҥүл санаа кулууба. Салайааччы Гоголев Р.Ф
- "Бастыҥ түмсүү салайааччыта" - Дмитрий Николаевич Сорокоумов. "Тирэх" түмсүү
- "Бастыҥ дьиэ - кэргэн" - Светлана Иннокентьеввна, Илья Серафимович Баишевтар
- "Бастыҥ спортсмен" - Влерий Васильевич Лыткин, спорт ветерана," Алаҕар түмсүү" салайааччыта
- "Бастыҥ үүт туттарааччы" - Егор Григорьевич Хастаев
- "Бастыҥ ааҕааччы" - Ольга Ильинична Гоголева
- "Бастыҥ ситиһиилээх оҕо" - Кеша Мохначевский, Г.Д.Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ

Саҥа хайысханан нэһилиэкпит урбаанньыттара Слепцова А.И, Ноговицына С.Ф, Дмитриева А.И, Гоголева В.Э "Сыл бастыҥ атыылаһааччылара" диэн анал ааттары туттардылар.

Чурапчы улууһугар олохтоох оҥорон таһаарыы, Алаҕар нэһилиэгэр “Өбүгэ утума” сылларынан биллэрилиннэ. Үүнэр сайдар ыччатардаах, үтүө – үлэһит дьоннордоох, ырыа куттаах Алаҕарым дьоно биир сомоҕо буолан – түмсүүлээх буолуоҕуҥ, үрдүк чыпчаалга дабайыаҕыҥ.





