678683 с. Чыаппара, Протодьяконова, 33 dntalagar@mail.ru
previous arrow
next arrow
Shadow
Slider

Тохсунньу 23 күнүгэр үгэскэ кубулуйбут сыл бастыҥнарын бэлиэтиир дьоро түһүлгэтэ ыытылынна. Алаҕар нэһилиэгин сайдыытыгыар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит, сыраларын биэрэн, үрдүк ситиһиилэри оҥорбут, кэскили түстээбит, норуот эрэбилин, хайҕалын ылбыт дьон, сыл бастыҥнара буолан, баһылык аатыттан анал аат, Бочуоттаах наҕараада туттулар.

СБ1

"Сыл бастыҥа - 2025"

- "Бастын үөрэҕирии эйгэтин үлэһитэ" - Вера Николаевна Ноговицына

- "Бастыҥ уһуйаан үлэһитэ" - Нюргуяна Федотовна Березкина

- "Бастыҥ доруобуйа харыстабылын үлэһитэ" - Илья Серафимович Баишев

- "Бастыҥ Чыаппаратааҕы 6 н-х баһаарынай чаас үлэһитэ" - Эдгар Николаевич Неустроев

- "Бастыҥ култуура эйгэтин үлэһитэ" - Ольга Егоровна Баишева

- "Бастыҥ олох - дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үлэһитэ" - Егор Владимирович Керемясов

- "Бастыҥ тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ" - Николай Михайлович Пестряков

- "Бастыҥ көхтөөх түмсүү" - нэһилиэк ветераннарын түмсүүтэ. Салайааччы Герасимова Т.В

- "Бастыҥ үлэлээх түмсүү" - "Дьэ, эрэ..." көҥүл санаа кулууба. Салайааччы Гоголев Р.Ф

- "Бастыҥ түмсүү салайааччыта" - Дмитрий Николаевич Сорокоумов. "Тирэх" түмсүү

- "Бастыҥ дьиэ - кэргэн" - Светлана Иннокентьеввна, Илья Серафимович Баишевтар

- "Бастыҥ спортсмен" - Влерий Васильевич Лыткин, спорт ветерана," Алаҕар түмсүү" салайааччыта

- "Бастыҥ үүт туттарааччы" - Егор Григорьевич Хастаев

- "Бастыҥ ааҕааччы" - Ольга Ильинична Гоголева

- "Бастыҥ ситиһиилээх оҕо" - Кеша Мохначевский, Г.Д.Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ

 

СБ2

Саҥа хайысханан нэһилиэкпит урбаанньыттара Слепцова А.И, Ноговицына С.Ф, Дмитриева А.И, Гоголева В.Э  "Сыл бастыҥ атыылаһааччылара" диэн анал ааттары туттардылар.

СБ3

Чурапчы улууһугар олохтоох оҥорон таһаарыы,  Алаҕар нэһилиэгэр “Өбүгэ утума” сылларынан биллэрилиннэ. Үүнэр сайдар ыччатардаах, үтүө – үлэһит дьоннордоох, ырыа куттаах Алаҕарым дьоно биир сомоҕо буолан – түмсүүлээх буолуоҕуҥ, үрдүк чыпчаалга дабайыаҕыҥ.

image 14 12 25 11 52 1

Ахсынньы ый 14 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр кэрэни кэрэхсиир, или – эйэни туойар, соҕуруунан – хотунан кыайыы кынаттанар, эдэрдии эрчимнээх сүрэхтээх, саха мааны "Алаҕар Далбардара" 3-с көлүөнэ үҥкүү кэллэктиибэ, 10 сыллаах үбүлүөйдээрин түмүктүүр тэрээһинигэр “Далбарайдыы дайыахха” кэрэ аҥардарга аналлаах аһаҕас үҥкүү күрэҕэ ыытылынна.

Уопсайа холбоон 22 үҥкүү кэллэктиибэ, 162 киһи кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэ 2 бөлөххө арааран сыаналаата. Ол курдук 1 бөлөх 18-с саастарыттан 55-с саастарыгар диэри, 2-с бөлөх 55-с саастарыттан үөһээ Далбар Хотуттар. 

1 бөлөххө:

  • Гран - При -  "Сыдьаай" үҥкүү кэл. Мэҥэ - Хаҥалас улууһа, Майа нэһ. сал. Шарина Р.А. ("Алаҕар Далбардара" туруорбут 10.000 тыһыынча уу харчынан бириэмийэ)
  • 1 ст лауреат - "Дайыына" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Хатылы нэһ. сал Федосеева Е.С.
  • 2 ст лауреат - "Аартык" үҥкүү кэл. Мэҥэ - Хаҥалас улууһа, Дьабыыл нэһ. сал. Дьяконова А.Ю
  • 3 ст лауреат - "Дьүөгэ" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Алаҕар нэһ. сал. Борисова С.А.
  • 1 ст дипломант - "Саһарҕа" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Бахсы нэһ. сал. Егорова А.Г.

2 бөлөххө: 

  • Гран - При - "Алдаана" үҥкүү кэл. Таатта улууһа, Ытык - Күөл нэһ. сал. Николаева З.И. ("Алаҕар Далбардара" туруорбут 10.000 тыһыынча уу харчынан бириэмийэ)
  • 1 ст лауреат - "Күн дьүөгэ" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Хоптоҕо нэһ. сал. Прядезникова М.Н.
  • 1 ст лауреат - "Умсулҕан" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Чурапчы нэһ. сал. Сивцева Е.П.
  • 2 ст лауреат - "Сайдыына" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Хадаар нэһ. сал. Адамова И. А
  • 2 ст лауреат - "Арылы" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Чурапчы нэһ. сал. Ашеина А.В.
  • 3 ст лауреат - "Туску - Дугуй" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Мындаҕаайы нэһ. сал. Заболоцкая П.П
  • 3 ст лауреат - "Алгыс" Чурапчы улууһа, Хатылы нэһ. сал. Федосеева Е.С.
  • 1 ст дипломант - "Иэйии" дуэт, Чурапчы улууһа, Чурапчы нэһ. сал. Сивцева М.А.
  • 2 ст дипломант - "Дугуйаана" үҥкүү кэл. Таатта улууһа, Орто Амма нэһ. сал. Власова К.Э
  • 3 ст диломант - "Күн көлүйэтэ" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Алаҕар нэһ, сал. Борисова С.А.

 Анал ааттар: 

  • "Бастыҥ көстүүм" анал аат - "Сайдыына" үҥкүү кэл. Чурапчы улууһа, Хадаар нэһ. сал. Адамова И. А (Алаҕар нэһилиэгин норуот маастардара уонна уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрэ туруорбут бириэмийэлэрэ)
  • "Бастыҥ туруоруу" - "Сыдьаай" үҥкүү кэл. Мэҥэ - Хаҥалас улууһа, Майа нэһ. сал. Шарина Р.А. (СР култууратын туйгуна, хореограф, "Алаҕаркаана" оҕо образцовай үҥкүү анс салайааччыта Баишева О.Е. бирииһэ)
  • "Бастыҥ толоруу" - Розалия Васильева, "Аартык" үҥкүү кэл. Мэҥэ - Хаҥалас улууһа, Дьабыыл нэһ. сал. Дьяконова А.Ю (Саха НКИХ "Үҥкүүлээ" бырайыак көрөөччү биһирэбилин хаһаайына, өрөспүүбүлүкэтээҕи, аан дойдутааҕы хас да төгүллээх үҥкүү күрэхтэрин кыайыылааҕа Зоя Дмитриева уонна төрөппүүтэрэ туруорбут бириистэрэ).

Бүгүн үҥкүү дьоро түһүлгэтигэр "Алаҕар Далбардара" үҥкүү кэллэктиибэ 10 сыл устата үлэлээбит үлэлэрин барытын түмэн, сүүрэн – көтөн, үҥкүү кэрэ эйгэтигэр бэйэлэрин историяларын кэпсиир, саҥа тахсыбыт кинигэлэрин сүрэхтээтилэр. 

Screenshot

Screenshot

 

photo 5359684702677628155 y

 Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Пелагея Михайловна Оконешникова 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар, балаҕан ыйын 20 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр А.П. Лыткина аатынан "Ырыа" норуот айымньытын дьиэтигэр оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ, ийэлэрин, эбэлэрин үтүө аатын үйэтитэн уус - уран самодеятельнай кэнсиэри, дьоро түһүлгэни тэрийэллэр... 

Ийэбит сатаабата5а суох.


Биһиги ийэбит Оконешникова Пелагея Михайловна 1925 сыллаахха Этэҕэлээх диэн сиргэ кыстыктанан, Ньохой Күөлэ диэн сиргэ сайылыктанан олорор Мэхээтэ диэн оҕонньор иккис кэргэниттэн Өлөксөөндрөттөн иккис оҕонон төрөөбүт. Кини бииргэ төрөөбүт Наһаар диэн убайдаах эбит. Ийэбит “Мэхээтэ оҕонньорго мааныланан, атаахтаан улааппытым”, - диэн кэпсиирэ. Аҕата маанылаатаҕа аатыран сарсыарда кыыһын оронтон туруорарыгар хамсаҕа табах ууран илдьэн биэрэрэ үһү.
Урукку “сэбиэскэй” диэн ааттанар бириэмэҕэ олорон, үлэлээн ааспыт көлүөнэ дьон бэрт кыра саастарыттан үлэҕэ эриллэн, сэрии, сут-кураан кытаанах сылларыгар тыыннаах хаалар, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, кэлин колхозтар, совхозтар хаһан да бүппэт үлэлэригэр бүтүн олохторун анаабыттара. Уоппуската суох, кыһын - сайын диэн аахсыбакка, дуона суох хамнаска үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа 60 - 70 солк. пенсияҕа тахсыбыттара. Биһиги дьоммут эмиэ олохторун тухары оннук үлэлээбиттэрэ. Хаһан даҕаны кинилэр туос иллэҥ, быар куустан олороллорун, сыталларын биһиги көрбөтөхпүт. Дьоммут үлэҕэ сыһыаннара ураты этэ. Тустаах үлэлэригэр бэриниилээхтэрэ, кыайыгастара, кырдыксыттара, билигин санаатахха, кимиэхэ да тэҥнэспэт эбит. Ийэбит Пелагея Михайловна 1942 с. 17 эрэ саастаах кыыс Эдьигээҥҥэ көһүүгэ тиийэн балык булдугар улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлээн, кырдьаҕас ийэтин, сэриигэ өлбүт убайын кэргэнин үс оҕотунаан, быраатын Баһылайы хайдах курдук ыарахаттары көрсөн иитэн, барыларын дойдутугар тыыннаах аҕалбытын хараастан кэпсиирэ. Бука ол ыарахан үлэ, усулуобуйа кини доруобуйатын улаханнык айгыраппыттара буолуо. Көһүүттэн кэлэн баран 1958 сылга диэри «Жданов» колхозка кладовщигынан, фермаҕа үүт астааччынан үлэлээбитэ. Барыта сүгүү, көтөҕүү, кыаҕы таһынан хамсаныы. 1958 с. Чыаппараҕа көһөн кэлбиппит кэннэ 20-чэ сыл детсадка, оскула интернатыгар поварынан үлэлээбитэ. Оччотооҕу повар үлэтэ олус киэптээһиннээх этэ. Холобур, күҥҥэ үстэ - түөртэ аһатары таһынан, сиир килиэптэрин оҥоруу, иһити сууйуу, ууну-хаары бэлэмнээһин. Билигин санаатахха биһиги ийэбит кыайыгас, саталлаах, түргэн туттуулаах буолан ону толорон кэлбитэ буолуо.
Аны сайынын уоппуска диэн суоҕун тэҥэ. Туох баар оскуола объектарын сууйуу - сотуу, кырааскалааһын, эпсиэйдээһин техүлэһиттэр санныларыгар сүктэриллэрэ. Оччолорго учууталлар өрөмүөн үлэтигэр кыттыбаттар этэ. Tөһө да ыарахан үлэҕэ сырыттар биһиги ийэбит онтон муҥатыйбат, төттөрүтүн үлэлиир буолан дьоллоох курдук туттан - хаптан, үөрэн-көтөн сылдьара. Ол эрээри ийэ быһыытынан биһиэхэ, оҕолоругар бэйэтин дьылҕатын курдугу баҕарбат этэ. Мин улахан буоларым быһыытынан миэхэ мэлдьи: «Хайаан да үөрэниэхтээххин, эн үөрэннэххинэ бырааттарын, балтын үөрэниэхтэрэ», - диэн тооколоон этэрин өйдүүбүн. Уопсайынан, биһиги дьоммут үөрэҕи, үөрэхтээх дьону олус сыаналыыллара. Бэйэлэрин кыахтарынан биһигини барыбытын үөрэттэрэ сатаабыттара. Ийэбит сатаабатаҕа диэн суоҕа. Кыра эрдэхпитинэ сайылыктан ыһыахтыы кэлэрбитигэр дьиэ дьонугар барытыгар таҥас тигэн, кэтэрдэн аҕалара. Дьиэбит иис сыаҕын курдук буолара: таҥас тиктэрээччи, быстарааччы, кээмэйдээччи, сүбэлэтээччи. Бука Лампаарыкыга олорбут дьон үгүстэрэ кини тикпит танаһын кэппиттэрэ буолуо. Ииһи бэргэһэтиттэн саҕалаан этэрбэһигэр тиийэ оҥороро.


Кыыһа Мария Трофимовна Ефимова
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ,
РФ үөрэҕэриитин туйгуна
2014 с.

photo 5359684702677628157 y

Олохторо холобур буолар.

... Ийэлээх аҕабыт ыал буолан Жданов аатынан холкуоска Лампаарыкыга олорбуттара. Мин онно олорорбутун өйдүүбүн уонна оччотооҕу кэмнэри олус истинник саныыбын. Оччолорго Лампаарыкыга ыал элбэх этэ: Оконешников Прокопий Гурьевичтаах, Оконешников Егор Тарасовичтаах, Лыткин Угар оҕонньордоох, Лыткина Мотрена Гаврильевналаах, о.д.а. бааллара. Чыаппараҕа убайым Боруонньа оскуолаҕа киирэр сылыгар көһөн кэлбиппит. Бастаан утаа Оконешников Семен Николаевичтааҕы кытта дьукаах олорбуппут. Онтон ийэм үлэтинэн таҥара диэтигэр баар интэринээккэ повардаабытыгар, ол дьиэҕэ биир хоһу биэрэннэр көһөн кэлбиппит. Ити курдук хас да дьиэҕэ көһөн олорбуппут. Кэлин почта буола сылдьыбыт дьиэни атыылаһан көспүппүт. Хостон - хоско көһө сылдьыбыт дьоҥҥо, бу дьиэбит киэҥэ, сырдыга сүрдээх этэ. Ол да буоллар Лампаарыкыбытын наһаа ахтарбыт, быыс булларбыт эрэ акка мэҥэстэн бара турарбыт. Ордук чаастатык Лампаарыкыга убайым Боруонньа тиэстэрэ. Ийэбит Пелагея Михайловна Чыаппараҕа аҕыйах сыл оҕо - садыгар, кэлин наар интэринээккэ поварынан үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран аҕыйах сыл сопхуоска быстах үлэлэргэ сылдыбыта. Ийэбит олус ыалдьытымсах, аһыныгас сүрэхтээх, амарах дууһалаах киһи этэ. Дьоҥҥо барытыгар көмөлөһө сатыыра: кими дьиэтигэр олордон, кимиэхэ таҥас тигэн биэрэн, кимиэхэ эрэ оҕо көрөн. Ол курдук, Оконешников Михаил Назаровичтаах, Жатайга олорор сурдьа Оконешников Василий Афанасьевич, аҕабытынан аймахтарбыт Пелагея, Акулина Ефимовалар, Барашков Иван Романович, үөлээннээхтэрин оҕолоро Ирина Гурьевна, Вера Гурьевна Оконешниковалар, Оконешникова Прасковья Ивановна, о.д.а. биһиги дьоммут сылаас сыһыаннарын билбиттэрэ уонна кэлин даҕаны олус истиҥник ахталларын истэн үөрэбит. Ийэбит тустаах үлэтин кэнниттэн аны дьиэ түбүгэр түһэрэ, киэһэтин иистэнэн бооччойоро. Оччолорго танас - сап кырыымчык кэмигэр ийэбит барыбытын бэйэтэ иистэнэн таҥыннарара. Ырбаахытыттан саҕалаан сонугар тиийэ барытын тигэрэ. Хас сайын аайы ыһыахха саҥа сиидэс былаачыйа кэтэн үөрэрбитин - көтөрбүтүн өйдүүбүн. Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Мугудайга тохсус кылааска үөрэнэ барарбар, ийэм икки эрээтинэн тимэхтээх, кыра төгүрүк мутон саҕалаах истээх сон тигэн биэрбитэ. Сонум тимэҕэ эрэ киһи киэнин курдук да тимэхтэннэр, хата саха тэҥэ суох, кимнээҕэр модница курдук сананан кэтэрбин өйдүүбүн. Ийэбит ити курдук күнү, түүнү билбэккэ хачыгырыйара, хаска утуйаахтыырын билбэт да этибит. Ол да буоллар ийэбит хаһан даҕаны ытыы - соҥуу сылдьарын көрбөтөхпүт. Төттөрүтүн, куруутун үөрэ - көтө сылдьара.

Нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынай кыттыыны ылара, ыллыырын таптыыра. Аны биһиги дьиэбитигэр өрүү ыалдыт, хоноһо үгүс буолара. Дэлэҕэ даҕаны дьоммутун: «Дэкиимэптэр олус ыалдьытымсах дьон этилэр. Балагыай чаанньыгын туппутунан, остуолун тарпытынан барар эйэҕэс - сайаҕас майгылаах хаһаайка этэ», — диэн кэпсиэхтэрэ дуо. Аҕабыт Трофим Алексеевич Ефимов сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылааҕа. Үйэтин тухары холкуоска үлэлээбитэ. Аҕабыт туһунан дьон: «Уҥуохтаах сүрэхтээх үлэһит", - дииллэрин истэрим. Кыһыҥҥы хаар түһүөр диэри отчуттар звеньеводтара этэ. Билигин даҕаны аҕабын санаатахпына, аҕам саҥата - иҥэтэ суох оҕуһун көлүйэн тиэргэнтэн тахсан эрэрэ харахпар көстөн кэлэр. Аҕабыт олус холку этэ, наар мичээрдии, оргууй оройбутуттан сыллыы сылдьара. Дьоммут олорбут дьоһун олохторо биһиэхэ, оҕолоругар уонна сиэннэригэр, куруутун холобур буолар.

Ефимова - Говорова Александра Трофимовна, кыыстара,
2012 сыл

Уйбаан Бахсылыырап "Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын", 1 кинигэтэ, 201 стр

 

 

photo 5359359032487445124 y

 

Истинник саныыр төрөппүттэрим.


Биһиги ийэлээх аҕабыт 1942 сыллаахха уоттаах сэрии содулугар, хоту «балык булдугар» диэн ааттаан төрөөбүт төрүт сирдэриттэн күүс өттүнэн көһөрүллүбүт дьон буолаллар. Ийэбит Оконешникова Пелагея Михайловна Мугудай нэһилиэгин «Дьэҥкэрэ» холкуос холкуостааҕа 17 саастааҕар кырдьаҕас ийэтин, сэриигэ барбыт убайа Назар Оконешников ойоҕун Настааны уонна кини үс кыра оҕотун Дуунньаны, Аананы, Миисэни, ону кытары тулаайах сурдьун Баһылай Оконешниковы илдьэ Эдьигээн оройуонугар көспүттэр. Аҕабыт Ефимов Трофим Алексеевич Алаҕар нэһилиэгин Жданов аатынан холкуоһун дьонун кытта Кэбээйи оройуонугар көһөрүллүбүт. Кинилэр көһөрүллүүгэ сылдьан эрэйи - буруйу көрсүбүттэрин мээнэ кэпсээбэт буолаллара. Ийэбит дьонун кытта көһүүттэн төннөн истэхтэринэ Чаачыгыйга Жданов аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Баишев Петр Петрович көрсөн, барыларын бэйэтин холкуоһугар ыҥыран, Лампаарыкыга тахсыбыттар. Лампаарыкыга кэлэн Пелагея Михайловна Трофим Алексеевичтыын олохторун холбоон ыал буолбуттар. Кырдьаҕас эдьиийбит Крюкова Акулина Иннокентьевна: «Кинилэр Лампаарыкыга олорор кэмнэригэр иккиэннэрин өттүттэн аймахтара, тулаайах оҕолор уонча буолан олоро, дьиэлэнэ сылдьыбыппыт», - диэн махтанан кэпсиир. Ийэбит убайа Назар Оконешников сэрииттэн эргиллибэтэх, инньэ гынан ойоҕо Анастасия Мироновна ыарыhax буолан, кини оҕолоро улаатан идэ ылан, туспа ыал буолуохтарыгар диэри эдьиийдэрин Пелагея Михайловнаны кытта эҥэрдэһэн сылдьыбыттара. Аҕабыт бииргэ төрөөбүт инилэрэ Прокопий уонна Федор сэрииттэн эмиэ эргиллибэтэхтэр.
Ийэлээх аҕабыт икки кыыһы, икки уолу төрөппүттэр. Төрөппүттэрбит биһигини кыра эрдэхпититтэн үөрэхтээх дьон буоларга, үлэни таптыырга үөрэппиттэригэр улаатан баран махтана саныыбын. Ол курдук оҕолор кыра эрдэхпититтэн уол - кыыс үлэтэ диэн араарбакка, дьиэ ис - тас үлэтигэр барытыгар үлэлиирбит. Дьиэҕэ баар оҕолор бары үлэҕэ анал эбээһинэстээх буоларбыт. Бастакы кылаастан бары оскула таһыгар баар оҕуруокка үлэлээбиппит, арыый улаатыыбыт саҕана сайын ахсын холкуоска от үлэтитэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдарбыт. Ол сыллартан саҕаламмыта үлэни таптыыр буоларга үөрэниибит, хайа да үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буолуубут, улахан дьону кытта кэпсэтэ – ипсэтэ үөрэниибит.
Ийэбит кэнники интернакка поварынан үлэлиир буолан, интернат дьиэ аҥаар өттүгэр биир хоско олоро сылдьыбыппыт. Онон үлэтигэр сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан да сырыттар күннэтэ биһигини кытта кэпсэтэн - ипсэтэн, үөрэхпитин туоһулаһан хонтуруоллуу сылдара. Ийэбит үлэтин быыһыгар иистэнэн, араас таҥаһы барытын тигэрэ, улларара. Үлэтиттэн, дьиэтиттэн быыс булан нэһилиэккэ ыытыллар араас общественнай үлэлэргэ актыыбнайдык кыттара. Этэргэ дылы кинитэ суох биир да тэрээһин, кэнсиэр буолбата.
Ийэлээх аҕабыт сэрии, көһөрүллүү алдархайыгар түбэһэн, эдэр саастарыттан үлэ ыараханыгар сылдьан доруобуйаларыгар оҕустарбыттара охсон, ийэбит Пелагея Михайловна 58, аҕабыт Трофим Алексеевич 75 саастарыгар, бу орто дойду олоҕуттан бараахтаабыттара. Билигин санаатахпына дьоммут ситэ сааһырбакка, аныгы олох сайдыытын көрбөккө - билбэккэ, сиэннэрин тапталларын ситэ билбэккэ барбыттара хомолтолоох...
Күндү төрөппүт дьоммутугар биһиги, оҕолоро, бу олорон кэлбит олохпут бары үөрүүтүн, үтүө түгэннэрин бэлэхтээбиттэригэр барҕа махтал тыллары аныыбыт. Кинилэр тустарынан оҕолоробутугар, сиэннэрбитигэр үтүө өйдөбүлү хаалларарбыт биһиги ытык иэспит. Төрөппүттэрбит үтүө суобастаахтык, ыраастык – чиэһинэйдик олорон ааспыт олохторо, мындыр өйдөрө, дьоҥҥо – сэргэҕэ үтүө сыһыаннара кинилэр сиэннэрин, хос сиэннэрин олохторугар салҕана турдар диэн баҕалаахпын. Оччотугар кинилэр ааттара үйэтитиллиэ, умнуллуо суоҕа!


Ефимов Иннокентий Трофимович, кыра уоллара,
2014 сыл

Уйбаан Бахсылыырап "Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын", 1 кинигэтэ, 202 стр

photo 5359684702677628164 y1 023photo 5359684702677628156 y

photo 5359684702677628161 yphoto 5359684702677628166 y

 

 

image 19 03 25 12 13

📣ПОЛОЖЕНИЕ📣

III Республиканского танцевального конкурса Посвященного 80 - летию Победы в Великой Отечественной Войне, 115 - летию Героя Совесткого Союза, артиллериста Г.Д.Протодьяконова
🌟 «МАЙСКИЙ ВАЛЬС"🌟
 
🟡Цель, задача:
1. Формирование чувства патриотизма;
2.  Сохранение и развитие интереса к парным танцам.
 
🟡Дата проведения: 2 апреля 2025 года.
🟡Место проведения: Чурапчинский  улус, село Чыаппара,  ДНТ “Ырыа” имени А.П. Лыткиной
 
🟡Общие требования конкурса:
1. Допускаются 4 пары, кроме танцоров могут принять участие баянисты, певцы и т.д;
2. Коллективы представляют 1 танцевальный номер, хронометраж выступления  3-5 мин;
3. Постановка танца на военную тематику (военные танцы, военный вальс, смуглянка, флотский, полька );
4. Танец должен быть в сопровождении  военной музыки, баяна, аккордиона;
5. Приветствуется участие других организаций: школ, детских садов, домов культуры и тд.;
Костюмы для выступления: - Мужчины – Военные костюмы (можно солдатский, офицерский);
    - Женщины - гражданская одежда военных лет.
Возрастные категории:
18 – 50 лет;
50 – выше.
 
🟡КРИТЕРИИ ОЦЕНКИ ВЫСТУПЛЕНИЙ:
• Исполнительское мастерство
• Сценическая культура
• Композиция, постановка
• Образ: костюм, прическа, макияж, актерское мастерство, выразительность, контакт со зрителем
 
🟡Организационный взнос:
С коллектива - 3000 р.
🔺Подведение итогов:
По результатам конкурсных выступлений, коллективам, получившим наибольшее количество баллов, присваивается звание лауреата или дипломанта I, II, III степени Республиканского конкурса.
Коллективу, в наибольшей степени отвечающему критериям оценки, набравшему самую высокую сумму баллов, присуждается Гран-при Республиканского танцевального конкурса «МАЙСКИЙ ВАЛЬС».
🔺Расходы связанные с проездом и питанием- за счет направляющей стороны.
🔺Во время конкурса будет работать буфет.
 🔺Способ оплаты за участие в конкурсе принимается переводом 89142338374 Полина Ивановна С.
🔺Организаторы конкурса: Клуб “Дьэ-эрэ”, ДНТ “Ырыа” имени А.П.Лыткиной
☎️ Контактные данные:
- Тотонова Елена Николаевна - 89148229153                 
- Гоголев Руслан Федорович - 89148297685
 
📥Анкета:
1. Название коллектива 
2. Адрес 
3. Ф. И. О руководитель,  хореограф ( полностью)
4. Название номера
5. Возрастная категория
6. Чек
 
 

Алаҕарга Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон норуодунай хуорун 30 сылын көрсө, “Талбаннар” өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэ буолла 

Олунньу 8 күнүгэр Алаҕар нэһилиэгэр РФ норуот айымньытын үтүөлээх кэлэктиибэ, Федор Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон норуодунай хуора 30 сыллаах үбүлүөйүн көрсө, “Талбаннар” уолаттарга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи патриотическай ырыа  күрэҕэ ыытылынна.

555

Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус — Алдан, Чурапчы улуустарыттан уопсайа 12 ансаамбыл, 133 уол оҕо кыттыыны ылла.

Оҕолор икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, хормейстер — Елизавета Степановна Попова, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын уонна искусствотын бочуоттаах үлэһитэ — Екатерина Марковна Лыткина, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ культуратын туйгуна, Ф.Гоголев аатынан Чыаппаратааҕы эр дьон народнай хорун солиһа Иван Иванович Хон  үлэлээтилэр.

1212

Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан ГРАН -ПРИ кыайыылаахтарынан Амма улууһун Соморсун нэһилиэгиттэн “Дуолан – уолан” ансаамбыл буолла, салайааччы М.В. Тараховская, кинилэрп Чыаппаратааҕы эр дьон норуодунай хора туруорбут 20.000 тыһ харчынан наҕараадаланнылар.

1897

Ону таһынан лауреаттары, дипломаннары ааттаатылар уонна анал бириистэри туттардылар.

Кыра бөлөххө:

— 3 ст дипломант — «Дорҕоон» вок.ансаамбыл, Уус — Алдан, Бороҕон;

— 2 ст дипломант — «Сэргэхчэй» вок.ансаамбыл, Мэҥэ — Хаҥалас, Балыктаах;

— 1 ст дипломант — «Өрөгөй» вок.ансаамбыл, Чурапчы, Хатылы;

— 3 ст лауреат — «Дуораан» вок.ансаамбыл, Чурапчы, И.М.Павлов аатынан Чурапчы орто оскуолата;

— 2 ст лауреат — Амма, А.А.Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уонна Амма лицейын 3 кылаас үөрэнээччилэрэ;

— 1 ст лауреат — «Толбон» хоровой коллектив, Мэҥэ — Хаҥалас, В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолата.

Улахан бөлөххө:

— 3 ст дипломант — «Чаҕыл» вок.ансаамбыл, Чурапчы, Болугур;

— 2 ст дипломант — «Тоҕус томтор» ВИА уонна вок.ансаамбыл, Чурапчы, С.К.Макаров аатынан Чурапчы гимназията;

— 1 ст дипломант — «Өркөн» квартет, Чурапчы, Төлөй;

— 3 ст лауреат — «Уолан» вок.коллектив, Чурапчы, Хоптоҕо;

— 2ст лауреат — «Эрэл» вок.ансаамбыл, Чурапчы, Чыаппара;

— 1 ст лауреат — «Дуорай» вок.ансаамбыл, Чурапчы, А.В.Посельская аатынан Дириҥнээҕи оҕо ускуустубатын оскуолата;

— «Бастыҥ салайааччы» анал аат хаһаайката «Толбон» хоровой коллектив салайааччыта С.А. Борисова (Мэҥэ-Хаҥалас, Майа) буолла. Бирииһи Екатерина Марковна, Иннокентий Константинович Лыткиннар дьиэ кэргэнэ туруорда;

— 1998-2005 сылларга Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан үлэлээбит, чулуу спортсмен, «Кынаттаах хайыардьыт» В.М Тимофеев аатынан анал бирииһи кэргэнэ уонна кыргыттара туруордулар. Анал аат хаһаайынынан А.А.Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уонна Амма лицейын 3 кылаас үөрэнээччилэрэ, сал. В.М. Дедюкин буоллулар.

Манна даҕатан эттэххэ, күн устата “Саха” НКИХ хамаандата нэһилиэк дьонун-сэргэтин, үлэтин хамнаһын, тэрилтэлэри барыларын хабан, ону таһынан эбиэт кэннэ Гала кэнсиэри, оҕолору толору уһуллулар. Олуннуьу 22 күнүгэр “Саха” НКИХ-гар “Үүнэ – сайда тур Сахам сирэ” биэриигэ тахсыаҕа. Биэрии салайааччыта Татьяна Афанасьевна Гоголева “Хотугу сулус” теле – радио салайааччыта, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Алаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, редактордар Светлана Алякова, Саргылана Лебедева, оператордар Александр Жуков, Андрей Асекритов.

Зал иһэ толору көрөөччүлээх, элбэх дьон мустан, тэрээһин үрдүк таһымҥа ыытылынна.

 

 

пройдя по ссылке - https://forms.mkrf.ru/e/2579/xTPLeBU7/?ap_orgcode=150160451

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия) приглашает Вас принять участие в оценке удовлетворенности граждан работой государственных и муниципальных учреждений культуры, искусства и народного творчества. Исследование проводится с помощью анонимной анкеты. Анкета заполняется просто. Внимательно прочитайте вопросы анкеты и выберите тот вариант ответа, который является наиболее подходящим для Вас. Обратите внимание – на некоторые вопросы Вы можете давать несколько вариантов ответа или отвечать своими словами

 

 qr 150160451 Чыаппара 1

Страница 2 из 19

Мы в социальных сетях

vkblue

Государственные сайты

Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия)
 
Министерство культуры РФ
 
Федерация профсоюзов Республики Саха (Якутия)
 
Муниципальное казенное учреждение «Чурапчинское улусное управление культуры»  МО «Чурапчинский улус (район)»