
Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Пелагея Михайловна Оконешникова 100 сааһын туолар үбүлүөйдээх сылыгар, балаҕан ыйын 20 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр А.П. Лыткина аатынан "Ырыа" норуот айымньытын дьиэтигэр оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ, ийэлэрин, эбэлэрин үтүө аатын үйэтитэн уус - уран самодеятельнай кэнсиэри, дьоро түһүлгэни тэрийэллэр...
Ийэбит сатаабата5а суох.
Биһиги ийэбит Оконешникова Пелагея Михайловна 1925 сыллаахха Этэҕэлээх диэн сиргэ кыстыктанан, Ньохой Күөлэ диэн сиргэ сайылыктанан олорор Мэхээтэ диэн оҕонньор иккис кэргэниттэн Өлөксөөндрөттөн иккис оҕонон төрөөбүт. Кини бииргэ төрөөбүт Наһаар диэн убайдаах эбит. Ийэбит “Мэхээтэ оҕонньорго мааныланан, атаахтаан улааппытым”, - диэн кэпсиирэ. Аҕата маанылаатаҕа аатыран сарсыарда кыыһын оронтон туруорарыгар хамсаҕа табах ууран илдьэн биэрэрэ үһү.
Урукку “сэбиэскэй” диэн ааттанар бириэмэҕэ олорон, үлэлээн ааспыт көлүөнэ дьон бэрт кыра саастарыттан үлэҕэ эриллэн, сэрии, сут-кураан кытаанах сылларыгар тыыннаах хаалар, аһыыр-таҥнар кыһалҕатыгар, кэлин колхозтар, совхозтар хаһан да бүппэт үлэлэригэр бүтүн олохторун анаабыттара. Уоппуската суох, кыһын - сайын диэн аахсыбакка, дуона суох хамнаска үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа 60 - 70 солк. пенсияҕа тахсыбыттара. Биһиги дьоммут эмиэ олохторун тухары оннук үлэлээбиттэрэ. Хаһан даҕаны кинилэр туос иллэҥ, быар куустан олороллорун, сыталларын биһиги көрбөтөхпүт. Дьоммут үлэҕэ сыһыаннара ураты этэ. Тустаах үлэлэригэр бэриниилээхтэрэ, кыайыгастара, кырдыксыттара, билигин санаатахха, кимиэхэ да тэҥнэспэт эбит. Ийэбит Пелагея Михайловна 1942 с. 17 эрэ саастаах кыыс Эдьигээҥҥэ көһүүгэ тиийэн балык булдугар улахан дьонтон хаалсыбакка үлэлээн, кырдьаҕас ийэтин, сэриигэ өлбүт убайын кэргэнин үс оҕотунаан, быраатын Баһылайы хайдах курдук ыарахаттары көрсөн иитэн, барыларын дойдутугар тыыннаах аҕалбытын хараастан кэпсиирэ. Бука ол ыарахан үлэ, усулуобуйа кини доруобуйатын улаханнык айгыраппыттара буолуо. Көһүүттэн кэлэн баран 1958 сылга диэри «Жданов» колхозка кладовщигынан, фермаҕа үүт астааччынан үлэлээбитэ. Барыта сүгүү, көтөҕүү, кыаҕы таһынан хамсаныы. 1958 с. Чыаппараҕа көһөн кэлбиппит кэннэ 20-чэ сыл детсадка, оскула интернатыгар поварынан үлэлээбитэ. Оччотооҕу повар үлэтэ олус киэптээһиннээх этэ. Холобур, күҥҥэ үстэ - түөртэ аһатары таһынан, сиир килиэптэрин оҥоруу, иһити сууйуу, ууну-хаары бэлэмнээһин. Билигин санаатахха биһиги ийэбит кыайыгас, саталлаах, түргэн туттуулаах буолан ону толорон кэлбитэ буолуо.
Аны сайынын уоппуска диэн суоҕун тэҥэ. Туох баар оскуола объектарын сууйуу - сотуу, кырааскалааһын, эпсиэйдээһин техүлэһиттэр санныларыгар сүктэриллэрэ. Оччолорго учууталлар өрөмүөн үлэтигэр кыттыбаттар этэ. Tөһө да ыарахан үлэҕэ сырыттар биһиги ийэбит онтон муҥатыйбат, төттөрүтүн үлэлиир буолан дьоллоох курдук туттан - хаптан, үөрэн-көтөн сылдьара. Ол эрээри ийэ быһыытынан биһиэхэ, оҕолоругар бэйэтин дьылҕатын курдугу баҕарбат этэ. Мин улахан буоларым быһыытынан миэхэ мэлдьи: «Хайаан да үөрэниэхтээххин, эн үөрэннэххинэ бырааттарын, балтын үөрэниэхтэрэ», - диэн тооколоон этэрин өйдүүбүн. Уопсайынан, биһиги дьоммут үөрэҕи, үөрэхтээх дьону олус сыаналыыллара. Бэйэлэрин кыахтарынан биһигини барыбытын үөрэттэрэ сатаабыттара. Ийэбит сатаабатаҕа диэн суоҕа. Кыра эрдэхпитинэ сайылыктан ыһыахтыы кэлэрбитигэр дьиэ дьонугар барытыгар таҥас тигэн, кэтэрдэн аҕалара. Дьиэбит иис сыаҕын курдук буолара: таҥас тиктэрээччи, быстарааччы, кээмэйдээччи, сүбэлэтээччи. Бука Лампаарыкыга олорбут дьон үгүстэрэ кини тикпит танаһын кэппиттэрэ буолуо. Ииһи бэргэһэтиттэн саҕалаан этэрбэһигэр тиийэ оҥороро.
Кыыһа Мария Трофимовна Ефимова
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ,
РФ үөрэҕэриитин туйгуна
2014 с.

Олохторо холобур буолар.
... Ийэлээх аҕабыт ыал буолан Жданов аатынан холкуоска Лампаарыкыга олорбуттара. Мин онно олорорбутун өйдүүбүн уонна оччотооҕу кэмнэри олус истинник саныыбын. Оччолорго Лампаарыкыга ыал элбэх этэ: Оконешников Прокопий Гурьевичтаах, Оконешников Егор Тарасовичтаах, Лыткин Угар оҕонньордоох, Лыткина Мотрена Гаврильевналаах, о.д.а. бааллара. Чыаппараҕа убайым Боруонньа оскуолаҕа киирэр сылыгар көһөн кэлбиппит. Бастаан утаа Оконешников Семен Николаевичтааҕы кытта дьукаах олорбуппут. Онтон ийэм үлэтинэн таҥара диэтигэр баар интэринээккэ повардаабытыгар, ол дьиэҕэ биир хоһу биэрэннэр көһөн кэлбиппит. Ити курдук хас да дьиэҕэ көһөн олорбуппут. Кэлин почта буола сылдьыбыт дьиэни атыылаһан көспүппүт. Хостон - хоско көһө сылдьыбыт дьоҥҥо, бу дьиэбит киэҥэ, сырдыга сүрдээх этэ. Ол да буоллар Лампаарыкыбытын наһаа ахтарбыт, быыс булларбыт эрэ акка мэҥэстэн бара турарбыт. Ордук чаастатык Лампаарыкыга убайым Боруонньа тиэстэрэ. Ийэбит Пелагея Михайловна Чыаппараҕа аҕыйах сыл оҕо - садыгар, кэлин наар интэринээккэ поварынан үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсан баран аҕыйах сыл сопхуоска быстах үлэлэргэ сылдыбыта. Ийэбит олус ыалдьытымсах, аһыныгас сүрэхтээх, амарах дууһалаах киһи этэ. Дьоҥҥо барытыгар көмөлөһө сатыыра: кими дьиэтигэр олордон, кимиэхэ таҥас тигэн биэрэн, кимиэхэ эрэ оҕо көрөн. Ол курдук, Оконешников Михаил Назаровичтаах, Жатайга олорор сурдьа Оконешников Василий Афанасьевич, аҕабытынан аймахтарбыт Пелагея, Акулина Ефимовалар, Барашков Иван Романович, үөлээннээхтэрин оҕолоро Ирина Гурьевна, Вера Гурьевна Оконешниковалар, Оконешникова Прасковья Ивановна, о.д.а. биһиги дьоммут сылаас сыһыаннарын билбиттэрэ уонна кэлин даҕаны олус истиҥник ахталларын истэн үөрэбит. Ийэбит тустаах үлэтин кэнниттэн аны дьиэ түбүгэр түһэрэ, киэһэтин иистэнэн бооччойоро. Оччолорго танас - сап кырыымчык кэмигэр ийэбит барыбытын бэйэтэ иистэнэн таҥыннарара. Ырбаахытыттан саҕалаан сонугар тиийэ барытын тигэрэ. Хас сайын аайы ыһыахха саҥа сиидэс былаачыйа кэтэн үөрэрбитин - көтөрбүтүн өйдүүбүн. Алаҕар аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Мугудайга тохсус кылааска үөрэнэ барарбар, ийэм икки эрээтинэн тимэхтээх, кыра төгүрүк мутон саҕалаах истээх сон тигэн биэрбитэ. Сонум тимэҕэ эрэ киһи киэнин курдук да тимэхтэннэр, хата саха тэҥэ суох, кимнээҕэр модница курдук сананан кэтэрбин өйдүүбүн. Ийэбит ити курдук күнү, түүнү билбэккэ хачыгырыйара, хаска утуйаахтыырын билбэт да этибит. Ол да буоллар ийэбит хаһан даҕаны ытыы - соҥуу сылдьарын көрбөтөхпүт. Төттөрүтүн, куруутун үөрэ - көтө сылдьара.
Нэһилиэк общественнай олоҕор актыыбынай кыттыыны ылара, ыллыырын таптыыра. Аны биһиги дьиэбитигэр өрүү ыалдыт, хоноһо үгүс буолара. Дэлэҕэ даҕаны дьоммутун: «Дэкиимэптэр олус ыалдьытымсах дьон этилэр. Балагыай чаанньыгын туппутунан, остуолун тарпытынан барар эйэҕэс - сайаҕас майгылаах хаһаайка этэ», — диэн кэпсиэхтэрэ дуо. Аҕабыт Трофим Алексеевич Ефимов сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас майгылааҕа. Үйэтин тухары холкуоска үлэлээбитэ. Аҕабыт туһунан дьон: «Уҥуохтаах сүрэхтээх үлэһит", - дииллэрин истэрим. Кыһыҥҥы хаар түһүөр диэри отчуттар звеньеводтара этэ. Билигин даҕаны аҕабын санаатахпына, аҕам саҥата - иҥэтэ суох оҕуһун көлүйэн тиэргэнтэн тахсан эрэрэ харахпар көстөн кэлэр. Аҕабыт олус холку этэ, наар мичээрдии, оргууй оройбутуттан сыллыы сылдьара. Дьоммут олорбут дьоһун олохторо биһиэхэ, оҕолоругар уонна сиэннэригэр, куруутун холобур буолар.
Ефимова - Говорова Александра Трофимовна, кыыстара,
2012 сыл
Уйбаан Бахсылыырап "Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын", 1 кинигэтэ, 201 стр

Истинник саныыр төрөппүттэрим.
Биһиги ийэлээх аҕабыт 1942 сыллаахха уоттаах сэрии содулугар, хоту «балык булдугар» диэн ааттаан төрөөбүт төрүт сирдэриттэн күүс өттүнэн көһөрүллүбүт дьон буолаллар. Ийэбит Оконешникова Пелагея Михайловна Мугудай нэһилиэгин «Дьэҥкэрэ» холкуос холкуостааҕа 17 саастааҕар кырдьаҕас ийэтин, сэриигэ барбыт убайа Назар Оконешников ойоҕун Настааны уонна кини үс кыра оҕотун Дуунньаны, Аананы, Миисэни, ону кытары тулаайах сурдьун Баһылай Оконешниковы илдьэ Эдьигээн оройуонугар көспүттэр. Аҕабыт Ефимов Трофим Алексеевич Алаҕар нэһилиэгин Жданов аатынан холкуоһун дьонун кытта Кэбээйи оройуонугар көһөрүллүбүт. Кинилэр көһөрүллүүгэ сылдьан эрэйи - буруйу көрсүбүттэрин мээнэ кэпсээбэт буолаллара. Ийэбит дьонун кытта көһүүттэн төннөн истэхтэринэ Чаачыгыйга Жданов аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Баишев Петр Петрович көрсөн, барыларын бэйэтин холкуоһугар ыҥыран, Лампаарыкыга тахсыбыттар. Лампаарыкыга кэлэн Пелагея Михайловна Трофим Алексеевичтыын олохторун холбоон ыал буолбуттар. Кырдьаҕас эдьиийбит Крюкова Акулина Иннокентьевна: «Кинилэр Лампаарыкыга олорор кэмнэригэр иккиэннэрин өттүттэн аймахтара, тулаайах оҕолор уонча буолан олоро, дьиэлэнэ сылдьыбыппыт», - диэн махтанан кэпсиир. Ийэбит убайа Назар Оконешников сэрииттэн эргиллибэтэх, инньэ гынан ойоҕо Анастасия Мироновна ыарыhax буолан, кини оҕолоро улаатан идэ ылан, туспа ыал буолуохтарыгар диэри эдьиийдэрин Пелагея Михайловнаны кытта эҥэрдэһэн сылдьыбыттара. Аҕабыт бииргэ төрөөбүт инилэрэ Прокопий уонна Федор сэрииттэн эмиэ эргиллибэтэхтэр.
Ийэлээх аҕабыт икки кыыһы, икки уолу төрөппүттэр. Төрөппүттэрбит биһигини кыра эрдэхпититтэн үөрэхтээх дьон буоларга, үлэни таптыырга үөрэппиттэригэр улаатан баран махтана саныыбын. Ол курдук оҕолор кыра эрдэхпититтэн уол - кыыс үлэтэ диэн араарбакка, дьиэ ис - тас үлэтигэр барытыгар үлэлиирбит. Дьиэҕэ баар оҕолор бары үлэҕэ анал эбээһинэстээх буоларбыт. Бастакы кылаастан бары оскула таһыгар баар оҕуруокка үлэлээбиппит, арыый улаатыыбыт саҕана сайын ахсын холкуоска от үлэтитэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдарбыт. Ол сыллартан саҕаламмыта үлэни таптыыр буоларга үөрэниибит, хайа да үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар буолуубут, улахан дьону кытта кэпсэтэ – ипсэтэ үөрэниибит.
Ийэбит кэнники интернакка поварынан үлэлиир буолан, интернат дьиэ аҥаар өттүгэр биир хоско олоро сылдьыбыппыт. Онон үлэтигэр сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан да сырыттар күннэтэ биһигини кытта кэпсэтэн - ипсэтэн, үөрэхпитин туоһулаһан хонтуруоллуу сылдара. Ийэбит үлэтин быыһыгар иистэнэн, араас таҥаһы барытын тигэрэ, улларара. Үлэтиттэн, дьиэтиттэн быыс булан нэһилиэккэ ыытыллар араас общественнай үлэлэргэ актыыбнайдык кыттара. Этэргэ дылы кинитэ суох биир да тэрээһин, кэнсиэр буолбата.
Ийэлээх аҕабыт сэрии, көһөрүллүү алдархайыгар түбэһэн, эдэр саастарыттан үлэ ыараханыгар сылдьан доруобуйаларыгар оҕустарбыттара охсон, ийэбит Пелагея Михайловна 58, аҕабыт Трофим Алексеевич 75 саастарыгар, бу орто дойду олоҕуттан бараахтаабыттара. Билигин санаатахпына дьоммут ситэ сааһырбакка, аныгы олох сайдыытын көрбөккө - билбэккэ, сиэннэрин тапталларын ситэ билбэккэ барбыттара хомолтолоох...
Күндү төрөппүт дьоммутугар биһиги, оҕолоро, бу олорон кэлбит олохпут бары үөрүүтүн, үтүө түгэннэрин бэлэхтээбиттэригэр барҕа махтал тыллары аныыбыт. Кинилэр тустарынан оҕолоробутугар, сиэннэрбитигэр үтүө өйдөбүлү хаалларарбыт биһиги ытык иэспит. Төрөппүттэрбит үтүө суобастаахтык, ыраастык – чиэһинэйдик олорон ааспыт олохторо, мындыр өйдөрө, дьоҥҥо – сэргэҕэ үтүө сыһыаннара кинилэр сиэннэрин, хос сиэннэрин олохторугар салҕана турдар диэн баҕалаахпын. Оччотугар кинилэр ааттара үйэтитиллиэ, умнуллуо суоҕа!
Ефимов Иннокентий Трофимович, кыра уоллара,
2014 сыл
Уйбаан Бахсылыырап "Ааспыт ахтылыннын, урукку умнуллубатын", 1 кинигэтэ, 202 стр










